Licensing update/Vote-header/sah
In other languages: العربية (ar) беларуская (тарашкевіца) (be-tarask) български (bg) bosanski (bs) català (ca) čeština (cs) Deutsch (de) Ελληνικά (el) English (en) español (es) suomi (fi) français (fr) Frysk (fy) Alemannisch (gsw) magyar (hu) interlingua (ia) Bahasa Indonesia (id) italiano (it) עברית (he) 日本語 (ja) 한국어 (ko) norsk (no) Nederlands (nl) occitan (oc) polski (pl) Piemontèis (pms) português (pt) português do Brasil (pt-br) română (ro) русский (ru) саха тыла (sah) slovenčina (sk) ไทย (th) Türkçe (tr) Tiếng Việt (vi) 中文(简体) (zh-hans) 中文(繁體) (zh-hant) [edit]
- Translators: When updating the vote header, please also update its status at Licensing update/Header tracking so the updated content will be properly copied to the vote server.
Викимедиа пуондатын Сүбэтэ Пуонда бырайыактарыгар кыттар дьону куоластааһыҥҥа кытталларыгар ыҥырар. Куоластааһын Викимедиа матырыйаалларын лицензиялааһыны уларытабыт дуу суох дуу диэн боппуроска ыытыллар. Бу лицензия олоххо киирэрэ быһаарыллар: Creative Commons Attribution-ShareAlike (CC-BY-SA), этии быһыытынан бу урукку лицензия хос самалык буолан хаалар: GNU Free Documentation License (GFDL). Сүбэ араас барыллары үөрэтэн көрөн баран, бу быһаарыы матырыйааллары хомуйарга, оҥорорго уонна тарҕатарга саамай табыгастаах буолар диэн түмүккэ кэллэ. Бу быһаарыы билии дьоҥҥо ханна баҕарар, куруук уонна букатыннаахтык бас билиилэригэр киирэригэр туһалыа диэн итэҕэйэр.
Викимедиа Пуондатын этиитэ - бары бырайыактарга лицензиялааһыны маннык уларытарга уонна туһанарга:
- билигин бу лицензияннан тарҕанар матырыйааллары GNU Free Documentation License («эбэтэр мантан саҥа барыла» диэн хос быһаарыылаах), эбии бу лицензияннан туһанары көҥүллүүргэ CC-BY-SA 3.0, ол GFDL бүтэһик барылынан көҥүллэнэр;
- Хос лицензияны мантан ынтах киллэриллэр көннөрүүлэргэ туһанарга, ол эрээри тастан киирбит информация бу эрэ лицензияннан киллэриллиэхтээх CC-BY-SA;
- «CC-BY-SA эрэ» диэннээх информацияны хос туттар дьоҥҥо GFDL лицензияннан туһанар сатаммата быһаарыллыахтаах.
Ааптардар уонна эрэдээктэрдэр CC-BY-SA туһанар буоллахтарына, кэлин кинилэр үлэлэрин туһанар дьон кинилэр ааттарыгар сигэниэхтээхтэрин өйдүөхтээхтэр. Ону ситиһэр туһуттан, саамай кырата, ыстатыйаҕа сигэнии (гиперссылка) баар буолуохтаах.
Бу туһунан сиһилии манна суруллар Licensing Update.
Элбэхтик бэриллэр ыйытыылары манна нууччалыы көрүөххүн сөп: ЧаВо.
Сүбэ бүтэһиктээх быһаарыыны бу куоластааһын кэнниттэн ылыныаҕа. Куоластаабыт дьонтон саатар 50 % бу этиини өйөөтөхтөрүнэ уларытыы олоххо киириэ. Куоластаабыт дьон 50 % аҕыйах киһи этиини өйөөтөҕүнэ Сүбэ атын барыллары толкуйдуо уонна ол туһунан биллэриэ.