Бикипиэдьийэ
Сиһилии манна көрүөххэ сөп List of Wikipedias .
Аан бастаан 2001 сыл тохсунньу 15 күнүгэр ааҥыл тылынан салаа тахсыбыта. Сотору кэминэн боронсуустуу салаа, онтон — атын тылларынан. Бу бырайыак аан дойдутааҕы суолтатын көрдөрөргө элбэх сыра бэриллэр.
2024 сыл Ахсынньы ыйыгар Бикипиэдьийэҕэ 100-тэн тахса ыстатыйалаах 338 салаа баар, олортон 175 10 тыһыынчаттан тахса ыстатыйалаахтар, оттон 73 — 100 тыһыынчаттан тахса ыстатыйалаахтар.
2024 сыл Ахсынньы ыйынааҕы туругунан 353 Бикипиэдьийэ салаата баар, онно барыта 64,166,284 мөлүйүөн ыстатыйа баар.
Milestones
2004 сыл балаҕан ыйын 20 күнүгэр Бикипиэдьийэ сүүстэн тахса тылынан суруллубут 1 мөлүйүөн ыстатыйаламмыта.
2006 сыл кулун тутар 1 күнүгэр Бикипиэдьийэ ааҥыллыы салаата 1 000 000 ыстатыйаламмыт. 2007 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр ыстатыйа ахсаана 2 000 000 буолбут. 2009 сыл атырдьах ыйын 17 күнүттэн Ааҥыл Бикипиэдьийэтэ 3 000 000 тахса ыстатыйалаах. 2012 сыл от ыйын 13 күнүгэр ааҥыл салаата 4 000 000 ыстатыйаҕа тиийбит.
Ааҥыл салаатын кэнниттэн мөлүйүөн ыстатыйаны маннык салаалар куоһарбыттара: ниэмэс (2009, ахсынньы 27), боронсуус (2010, балаҕан ыйын 21), нидерлаан (2011, ахсынньы 17), италия тылынан (2013, тохсунньу 22), нууччалыы (2013, ыам ыйын 11), испаанныы (2013, ыам ыйын 16), шведтии (2013, бэс ыйын 15), поляктыы (2013, балаҕан ыйын 24), варайдыы (2014, бэс ыйын 8), вьетнамныы (2014, бэс ыйын 15), себуа (2014, от ыйын 16) уонна дьоппуоннуу (2016, тохсунньу 19).
2015 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр швед тылынан салаа икки мөлүйүөн ыстатыйаламмыт, кини кэнниттэн 2016 сыл олунньу 14 күнүгэр бу кирбиини себуа тылынан суруллар салаа ылбыт.
On 27 April 2016, the Swedish Wikipedia hit 3,000,000 articles followed by the Cebuano Wikipedia on 25 September 2016.[1]
On 11 February 2017, the Cebuano Wikipedia hit 4,000,000 articles.[1]
On 8 August 2017, the Cebuano Wikipedia hit 5,000,000 articles.[1]
On 14 October 2021, the Cebuano Wikipedia hit 6,000,000 articles.[1]
2004 сыллаахха Бикипиэдьийэ «түмэт» номинацияҕа Webby наҕараадатын ылбыта уонна «интэриниэт түмэтэ» номинацияҕа Prix Ars Electronica ылбыта. 2015 сыллаахха Бикипиэдьийэ кыттааччылара Эразм Бириэмийэтинэн (Erasmus Priz) бэлиэтэммиттэрэ.
Тыл салаалара
Бикипиэдьийэ туһунан
- Марк Джиэйс, «Бикипиэдьийэ» — Канаада суруйааччыларын ыйынньыгын (The Canadian Writer's Guide) 13-с таһаарыытыгар бэчээттэммит ыстатыйа;
- Wikipedia (Everything2) — Аксель Болдт Everything2 ыстатыйата.
Эбии көр
- List of Wikipedias
- List of largest wikis
- Wikimedia Foundation
- Wikimedia projects
- Бикипиэдьийэ тылларын ыстатыыстыката (ааҥыллыы)
- Wikimedians
- Тэрили бэрийии уонна бырагырааманы оҥоруу: MediaWiki development
- Wikimedia principles
Notes
- ↑ a b c d Some projects with a small and weak community can reach a large size due to the mass generation of low-quality content by the bot. The most striking examples of this kind are the Swedish and Cebuano Wikipedias. See also Proposals for closing Cebuano Wikipedia in October 2017.